Поэтический перевод Ольги Софроновой – Суһум на язык народа Саха стихотворения Василия Полятинского “Я ТОБОЙ, СЕРОГЛАЗКОЙ РАССВЕТНОЮ, МЛЕЮ“.
КӨҤҮЛЛЭЭ, МИН ЫРЫА АНЫАХПЫН
https://www.youtube.com/watch?v=2lcGyecn_ro
КӨҤҮЛЛЭЭ, МИН ЫРЫА АНЫАХПЫН
Сааскылыы сандаархай саһарҕам,
Тулалыыр дьиктилээх Айылҕам,
Көҥүллээ, эйиэхэ анааммын
Иэйиилээх ырыабын ыллыахпын.
Чыычааҕым дьырылас ырыатын
Ырыабар мин холбоон ыытыахпын,
Иэйиибин, имэҥмин бүтүннүү
Эһиэхэ истиҥник этиэхпин.
Айылҕа уһуктар, ыллаһар
Үөрүүлээх таайбараҥ кэмигэр
Бу дьикти харахтаах саас кыыска
Сүрэҕим кистэлин арыйыам.
Дьиримниир сулустаах халлаантан
Айымньым суолталаах тылларын
Сибэкки дьөрбөтүн кэриэтэ
Хомуйан эйиэхэ уунуоҕум.
Көҕөрөр киэҥ да киэҥ халлааны
Дьол - үөрүү кыымынан туоламмын
Кэрэттэн ууллуохтуу манньыйан
Мин аптаах киистэнэн ойуулуом.
"Эйигин таптыыбын" - диэн тылы,
"Аһынабын" - диэн тылга ханыылыы
Былыргы өбүгэ дьоннорбут
Эппиттэр биһиэхэ харыстыы.
Мин сиэрэй харахтаах саһарҕам,
Эн кэрэ бэйэҕин сүрэхпэр
Өрүүтүн мин илдьэ сылдьыаҕым,
Уйаннык эн миигин аһын дуу...
Ольга Софронова - Суһум нууччалыыттан сахалыы көҥүл тылбааһа.
Ньурба к., 18.12.21 с.
© Свидетельство о публикации №121121805070
| Реклама Праздники 16 Октября 2024День анестезиолога 20 Октября 2024Работников пищевой промышленностиРаботников дорожного хозяйстваДень военного связиста 30 Октября 2024День моряков-надводников 1 Января 2025Новый год 7 Января 2025Рождество Христово Все праздники |