Поэтический перевод Василия Полятинского с языка народа Саха текста песни “ТАПТАЛТАН ТЫЛЛЫБЫТ СИБЭККИ”. Слова и музыка Любомир Кондаков, вокал Виталий Очиров.
ТАПТАЛТАН ТЫЛЛЫБЫТ СИБЭККИ
Тапталтан талбаарбыт
Хап-хара чаҕылхай хараххынан,
Мин диэки дьоллоохтук
Эрэнэр курдук эн көрдөххүнэ.
Күһүҥҥү күн курдук оргууйдук
Дууһабын сылаанньытар,
Маҥнайгы хаар курдук
Сымнаҕас салгыҥҥа сөтүөлэтэр.
Хос ырыата (припев):
Саҥардыы тыллыбыт күн сирин
киэргэтэр мин сибэкким,
Көтүөхчэ көппөккө
оргууйдук хамсанар кыталыгым.
Сарсыарда дьыбарга уйдарар
куоластаах күөрэгэйим,
Куотуохча куоппакка кырдалга
тэлээрэр үрүмэччим.
Тапталга бэриммит
Симиктик мичээрдиир уостаргынан,
Оргууйдук ууругун аймаммыт
сүрэхпин уоскутаҕын.
Олустук даҕаны эйиигин
таптыыбын доҕоччугуом,
Дьиҥнээхтик эрэнэн олохпун,
түстээбит тапталлааҕым.
| Помогли сайту Реклама Праздники |